Добавили: 2016-10-23
Оценили: 0 Мне нравится Мне не нравится
Текст просмотрен: 641
Продолжительность mp3: 04:17
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын, Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын, Ол иhин сабабын мин харахтарбын... Мин Сахабын - ол сурун. Бутун улуус Дьин сахалыы олох суолун устун тутус Ийэ буор кут быыл туманна сутэрдэ Айыл5аттан бэриллибит кутун-сургэтин... Саха Сирэ Сахаларга анаммыта буолла5а.. Ол эрээри норуот ба5а санаата туолбата... Туох иhин мэнээх Сахалар аччаатыбыт? Тарбахпынан кордоробун быйыл биhи баччабыт... Сахалар бары биир буоламмыт улаатан Баhылаан ылыа5ын Улуу Омук аатын Мэлдьи атын дьонно илии-атах буола сылдьаммыт Эстии коно суолугар былдьанныбыт... Турунабыт сана сыалга - бутэрбэккэ умнабыт. Дойду туппат буолан сууhунэн баранабыт... Ол эрээри ханна да мин киэн туттабын Хайа ба5ар ыйытыыга мин хоруйдуубун Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын, Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын, Ол иhин сабабын мин харахтарбын... Тулабын корунэбин - туох иhин кыбыстабыт? Аламай сырдык куннэ ууналлар ытыстарбыт. Орустэр, хонуулар - бу биhиги баайбыт Киэн, ыраас, сырдык тапталлаах кыраайбыт Таайбыт курдук бары тиэр хайыhа короллор, Ол иhин да5аны биhини бары со5оллор... Субу-субу костоллор олоруулэр-сутуулэр... Бэйэбит да а5ыйахпыт, ону биhи аахайбаппыт. Мин Сахабын, атыммын билэбин Кыра-хара норуот хайдах курдук олорорун. Сотору кун тахсыа, халлаанна ойон туруо Ол эрээри уруккубут сал5анан бара туруо... Туох бары тиллиэ, силигилиэ, уунэ-чэлгийиэ Арай Саха эрэ бэйэ-бэйэтин кэлгийиэ... Тиийиэ дуо мин тулуурум, коруом дуо мин Сахам Сирин сайдыытын, уоhээ оро дайыытын?..
8 лет назад
7.89 MB
03:27
8 лет назад
3.19 MB
03:28